ҮӨС ТААҺЫН УҺАППАККА ЫЛЛАРАР ОРДУК
Үөс хайдах үлэлиирий?
Үөс хабаҕа ‒ быарга сыста сытар уорган. Үөс быар иһиттэн хомуллан, силбэһэн, куртах кэнниттэн кэлэр синньигэс оhоҕоско тута түһэр. Үөс оhоҕоско сыалаах аһы илдьиритэргэ, ас буһарарга улахан көмөлөөх. Киһи куртаҕар ас өрүү баар буолбат. Быраабыла быһыытынан, киһи күҥҥэ үстэ аһыыр – сарсыарда, күнүс уонна киэһэ. Маныаха, быартан тахсыбыт үөс улахан оруоллаах. Ол курдук, аһылык икки ардыгар, куртах кураанах кэмигэр, үөс быар анныгар баар хабахха мунньуллар. Ордук киһи сыалааҕы хото аһаабыт буоллаҕына, ыгыллан тахсан, үс-түөрт чаас кэриҥэ мунньустар.
Үөскэ тоҕо таас үөскүүрүй?
Үөс үлэтин саамай сөптөөх балаһыанньата итинник буолар. Ити кэпсээбит хабахпытыгар үөс хойдон, ньамаҕыран таас үөскүүр. Ол эрээри, таас үөскээһинин чопчу төрүөтэ билиҥҥээҥҥэ диэри биллибэт. Ылан көрдөххө, бу ыарыынан ордук дьахталлар ыалдьаллар. Ол курдук, 10 ыарыһахтан иккитэ эрэ эр киһи буолар. Аны саастарынан ыллахха, баhыйар үгүстэрэ 40 саастарын кэнниттэн ыалдьаллар.
Yөс тааhырыыта (желчнокаменная болезнь) ‒ хирургическай ыарыылартан нэhилиэнньэ ахсааныгар биир саамай киэҥник тарҕаммыт ыарыы көрүҥэ буолар. Биһиги Клиническэй кииммитигэр I-кы №-дээх хирургия отделениетыгар сылга 1000 кэриҥэ эпэрээссийэ оҥоhулларыттан 700-тэн тахсата үөскэ оноhуллар.
Ыарыы киһиэхэ дьайыыта
Үөс тааһа бытархай да, бөдөҥ да булуон сөп. Бытархай таас, аллараа баран иһэн кыбыллан, үөс тымырын бүөлээн кэбиһиэн сөп. Оччоҕуна, үөс хаайтаран, «механическай желтуха» буолан, киһи тириитэ бүтүннүү саһаран хаалар. Үөс хаан нөҥүө ыарыhах этигэр-сиинигэр бүтүннүүтүгэр тарҕанар, быарга, бүөргэ, мэйиигэ, сүрэххэ охсуулаахтык дьайар. Бу түгэҥҥэ, кыбыллыбыт тааһы оруур суһал эпэрээссийэ эрэйиллэр.
Улахан таас үөс тымырыгар эмиэ түһүөн сөп. Маныаха эҥин араас ыарыылары бэлиэтиэххэ сөп. Холобур, Мириззи Синдрома диэн ыарыыга хабах үөс тымырын кытта силбэһэр синньигэс сиригэр 1,5-2 см кэтиттээх таастар түһэн хаалыахтарын сөп. Өскөтүн сүһүрүү баар буоллаҕына, таас мэһэйдээн, хабах иһэ ириҥэрэн (эмпиема) таска дьайар. Ол түмүгэр синньигэс даҕаны, суон даҕаны оhоҕостор уонна куртах үөс хабаҕын кытта хам силбэһэн, үгүстүк туттуллар тылынан эттэххэ, «спайкаланан» хаалаллар. Ол сыстыhыы түмүгэр хайаҕас (свищ) үөскүөн сөп. Оччоҕуна эмиэ эпэрээссийэ эрэ көмөлөһөр кыахтаах.
Ардыгар үөс тааһа хабаҕы ыга баттаан тэһиэн сөп. Хабах тэстэн үөс уонна ириҥэ искэ тохтон сытыйыы (перитонит) саҕаланар. Маннык ыарахан балаhыанньаҕа хайаан да суһал операция оҥоһуллуохтаах.
Ыарыыны хайдах билиэххэ сөбүй?
Сыалааҕы-арыылааҕы сиэтэххэ, быар туһаайыытынан ыалдьар. Ыарыы киһи көхсүгэр, лаппаахытын аннынан анньыан сөп. Маны сэргэ, үөс үлэтэ аһы кытта сибээстээҕинэн, киһи аһаатаҕына үөс хабаҕа тардыһан, таас баарын биллэрэр. Ол эрээри, быар туһаайыытынан үөс эрэ ыарыыта биллэрэр буолбатах. Киһи иһигэр элбэх уорган баар. Ити кыракый баҕайы 10 см диаметрдаах сиргэ быар аннынан оhоҕос, куртах бааhа (язва) биллиэхтэрин эмиэ сөп. Онон, үөһү сэргэ, ыарыһах куртаҕын, оhоҕоһун тэҥинэн көрдөрүөхтээх.
Аныгы ньыманан оҥоробут
Эппитим курдук, биһиги клиникабытыгар сылга 700-тэн тахса үөс тааһын ылыы эпэрээссийэтэ оҥоһуллар. Онон Медицина Национальнай киинэ 31 сыл үлэлээбитин тухары төһө киһи аҥаардас үөһүн ылларбытын суоттаан кэбиһиҥ. Кэлин 30-ча сыл устатыгар малоинвазивнай ньыманан, ол эбэтэр, ыарыһах иһин хайыппакка эрэ, 3-4 сиринэн дьөлө киирэн үөс хабаҕын ороон ылабыт. Сылга маннык ньыманан 650 кэриҥэ ыарыһаҕы эмтиибит, ол аата, биир үлэ күнүгэр 4-5 эпэрээссийэни оҥоробут. Бу эпэрээссийэ, биллэн турар, уопсай наркоһунан оҥоһуллар. Ыарыһах үөһүттэн ураты атын ыарыыта суох буоллаҕына, эпэрээссийэ 25 мүнүүтэ кэриҥэ барар . Биир күнүнэн ыарыһах аһыыр, хаама-сүүрэ сылдьар кыахтанар. Манна ааҕааччыларга эбии быhааран биэриэхпин баҕарабын. Лапароскопическай холецистэктомияны, ол эбэтэр ити үөhээ кэпсэммит эпэрэссийэни, сорох дьон «лазерынан» оҥороллор дии саныыллар. Ол эбэтэр, уотунан тыктаран, тааһы үлтүрүтэн таhаарар курдук. Сорохтор олус чэпчэки, эпэрээссийэ да буолбатах диэн өйдөбүллээх буолааччылар, наркозтаналларын, операционнайга киирэллэрин истэн соhуйааччылар. Онон, өссө төгүл, бу ‒ дьиҥнээх эпэрээссийэ, үөс тааhырыытын эмтээhин аныгы ньымата диэн этэбин.
Эпэрээссийэни эрдэттэн былаанныахха сөп дуо?
Ыарыыны уустугурдубат туһугар, киһи бэйэтин хонтуруоллана үөрэниэхтээх. Биир саамай туһалааҕа ‒ сыал-сорук туруорунан, эрдэттэн былааннаан эпэрээссийэлэниэхтээх. Ол инниттэн, анаан-минээн медицинскэй чинчийиини ааһыахтаах. Билигин үгүс поликлиникаларга үөһү УЗИ-га көрөллөр. Өскөтүн былааннамматахха, ыарыы эмискэ бэргээн, ыарыһах суһал эпэрээссийэҕэ киирэргэ күһэллэр. Суһал эпэрээссийэ табыгаһа суох кэмҥэ түбэһэн, үгүс кыһалҕалары үөскэтэр. Холобур, үөhэ таастаах дьахтар хат буолуон, эбэтэр ити кэмҥэ атын уустук ыарыылар эмиэ бэргээбит буолуохтарын сөп. Ити барыта киһи организмыгар эбии ноҕуруусканы үөскэтэр. Эбэтэр, омук сиригэр сынньана дуу, командировкаҕа дуу сылдьан, араас аһы аһаан бэргэтэн кэбиhэн, хайа баҕарар өттүттэн кытаанах балаhыанньаҕа киириэххэ сөп. Ол иһин, бэйэҕэ эрэллээх сылдьар туһугар, доруобуйаҕыт туһугар кыһаллыҥ диэн сүбэлиибин.
Үөс хабаҕын ылан быраҕыы охсуулаах дуо?
Сорохтор, үөспүн ылан бырахтахтарына тугум эрэ итэҕэс буолар дии саныыллар. Оннук буолбатах. Үөс бастаан хабахха үөскээбэт, эппитим курдук, быар иһигэр үөскүүр. Онтон киһи аһаабат кэмигэр, холобура, сарсыардааҥны аһылык кэнниттэн эбиэккэ диэри 3-4 чаас устатыгар хабахха мустар. Үөс таастаннаҕына хабаҕы бүтүннүү ылан быраҕабыт. Өскөтүн операция кэнниттэн ыарыһах тута элбэх сыалааҕы сиэтэҕинэ, кини этэ-хаана соччо үөһү көрдөөбүтүнэн барар. Онуоха, урукку курдук, хабаҕар саппааһа суох буолан, быар ордук хос үлэлээн ыарырҕатар. Онон, үөс хабаҕын ылларбыт киһи диетаны тутуһара ирдэнэр. Ыарыһахха 5-с нүөмэрдээх диетанан аһыырыгар сүбэлиибит. Ол курдук, сыалааҕы-арыылааҕы аһыыртан икки ый устата туттунуохтаах. Сыыйа организм бэйэтэ чөлүгэр түһэн барар, үөспүт тымыра кэҥээн биэрэр. Урут синньигэс буоллаҕына, холобур 3 мм-тэн сантиметрга тиийэ кэҥиэн сөп. Онно үөс мунньустарыгар кыракый саппаас үөскүүр. Онон эпэрээссийэ кэнниттэн бэйэни икки ый хонтуруолланан көрүөхтээххин. Өскөтүн ыарырҕаппатаххына, доруобай киһи сиэринэн аһаан-сиэн барыахтаахтааххын.
Бэйэбит отделениебыт үлэтин уопутуттан ахтан аhардахха, эпэрээссийэҕэ наадыйар киhи үгүс, ол эрээри, сыл ыйыттан-кэмиттэн сороҕор ыарыhах наhаа элбиир, операцияҕа киирэргэ уhун уочарат буолар. Сайыҥҥы, күһүҥҥү ыйдарга дьон ордук бэйэтин түбүгэр охтор, онон эмтэнэ киирээччи аҕыйыыр. Балаҕан ыйа түмүктэнэн, кэнсиэрбэ оҥоһуллан бүттэ да, алтынньыттан дьон лаппа элбиир. Тохсунньуга кыратык тохтоон баран, олунньуттан саҕалаан, эмиэ эбиллибитинэн бараллар. Саас суол хаайтарыытын саҕана, сайын от үгэнигэр киhи биллэ аҕыйыыр. Ити кэмнэри табыгастаахтык туhаныахха сөп. Онон, ааҕааччыларга, ыарыыны дириҥэппэккэ эмтэниҥ, доруобуйаҕытын көрүнүҥ, суһал эпэрээссийэҕэ тиэрдимэҥ диэн сүбэлиибин. Киһи бэйэтэ былааннана үөрэниэхтээх диэн өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтиибин.
Алексей Николаевич Сидоров,
үрдүк категориялаах хирург, медицина наукатын кандидата,
СӨ уонна РФ доруобуйа харыстабылын туйгуна