СҮРЭХ ТЫМЫРДАРЫН ЫАРЫЫТА
«Киһи сүрэҕэ – дьикти уорган. Сүрэх аҥаардас хааны эрэ хачайдыыр буолбатах, үөрүүттэн өрө көтүөн, хомолтоттон самнан түһүөн, кутталтан иһийиэн, ыар аһыыттан тохтоон да хаалыан сөп. Сүрэх үлэтэ киһи туругуттан, өйүттэн-санаатыттан быһаччы тутулуктаах. Олоххо буолар долгуйуулар, быһылааннар, хомолтолоох түгэннэр, үөрүү-көтүү, ытааһын соҥооһун – барыта сүрэх нөҥүө ааһаллар. Ким да мантан куотар кыаҕа суох. Арыый эрдэлээн, эбэтэр арыый хойутаан сүрэх барахсан тохтуур түгэнэ тиийэн кэлэр, оччоҕо киһи олоҕо онон бүтэр. Хомойуох иһин, аан дойдуга киһи өлүүтүн төрүөтүн 56 % — нын сүрэх-тымыр ыарыылара ылаллар. Бу хомолтолоох чахчыны ыарыһахтар уонна эмчиттэр күүстэрин, өйдөрүн-санааларын түмтэхтэринэ кыччатыахтарын сөп.
Учуонайдар суоттааһыннарынан, киһи сүрэҕэ, харыстабыллаатык сыһыаннастахха, 150 сыл үлэлиир кыахтаах» – диэн суруйар Петр Иванович Захаров, медицинскай наука доктора, РФ уонна СР үтүөлээх бырааһа, быйыл күн сирин көрбүт «Киһи соҕотох сүрэхтээх» диэн кинигэтигэр. Дьоҕус, баара-суоҕа 50 ахсаанынан «Бичик» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт кэрэхсэбиллээх кинигэҕэ, кини саха дьонугар сүрэх ыарыыларын бары көрүҥнэрин саас-сааһынан ырытар, туох кэһиллии тахсарын бэйэтэ ойуулаан-дьүһүннээн көрдөрөр. Маны сэргэ Петр Иванович сүрэх туһунан санаа, үөрэх, эмтээһин киһи аймахха хайдах сайдан испитин туһунан философияҕа, историяҕа, итэҕэлгэ сыһыаран анаарар, улуу дьон этэн кэбиспит кынаттаах тылларын билиһиннэр. Урукку өртүгэр биһиэхэ, быраас бэйэтин уопутугар олоҕуран, ыарыыны бу курдук илдьиритэн, дьоҥҥо тиийимтиэ буоларыгар кыһаллан, сахалыы тылынан суруйан бэчээттэппит дьоһуннаах үлэтэ суоҕун кэриэтэ. Онон кардиохирург П.И. Захаров кинигэтэ киэҥ сэҥээриини ылыаҕа уонна, бука, өссө элбэх ахсаанынан хаттаан тахсыаҕа дии саныыбын.
П.И.Захаров салайар кардиохирургия отделениетыгар сылга 500-чэкэ операция ыытыллар. Маны таһынан, икки сылтан бэттэх, рентгенхирургия уонна оҕо сүрэҕин хирургиятын отделениеларыгар, сүрэх ыарыылаахтарга хирургическай көмө государственнай сакаас быһыытынан оҥоһуллар буолбута быйыл уон биирис сыла. Онтон бастакы сүрэх эпэрээссийэтэ республиканскай балыыһаҕа 1988-1990 сыллар эргин оҥоһуллан турар. Медицина национальнай киинигэр 1992 сылтан, искусственнай хааны эргитэр аппарааты туттан 2000 сылтан оҥоһуллар буолбуттара.
Үгүс дьон «ишемическая болезнь сердца (ИБС)», «стенокардия» диэн диагноһы билэллэр, истэллэр. Бу ыарыы сүрэх тымырдарынан кини быччыҥнарыгар кислород тиийэрэ мөлтөөтөҕүнэ үөскүүр. Ыарыы дириҥээбит буоллаҕына, хаан эргиирин чөлүгэр түһэрэргэ, «стентирование» уонна “шунтирование» диэн ньымаларынан уустук операциялар оҥоһуллар. Саха сиригэр 600-чэкэ «стентирование» ньыматынан уонна АКШ – «шунтированиенан» 70-80 киһи аһаҕас сүрэххэ операцияланар.
Ыарыы төрүөтэ тугуй, хайдах гынан харыстаныахха сөбүй диэн ыйытыкка Петр Иванович быһаарыыларын, сүбэлэрин ааҕааччыларга тиэрдиэхпитин баҕарабыт.
Ыарыы төрүөтэ тугуй?
Сүрэх былчыҥнарын кислородунан хааччыйар тымырдар ханнык эмит салаалара кыараатаҕына, эбэтэр бүөлэннэҕинэ бу ыарыы үөскүүр. Кислороду хаан тарҕатар. Үксүгэр атеросклероз бляшкалара тымыр эркинигэр сыстан баран тааһыран хаалаллар, оччоҕо хаан сатаан сүүрбэт, кислород тиийбэт. Ол түмүгэр бүөлэммит тымыр зонатыгар быччыҥнар «аччыктааһыннара» (ишемия – кислородное голодание) саҕаланар. Стенокардия диэн түөс иһигэр хам тутар ыарыы курдук биллэр. Сүрүн тымыр бүөлэннэҕинэ инфаркт (быччыҥ өлүүтэ) буолар. Инфаркт сорох түгэннэргэ олус күүстээх ыарыыга (кардиогенный шокка) тиэрдэр, оччоҕуна ыарыһах кылгас кэм иһигэр өлөн да хаалыан сөп (соһумар өлүү – внезапная смерть). Сороҕор, ордук сахаларга, инфаркт биллибэккэ хаалыан сөп. Улаханнык быһыта-хайыта тыытан ыарытыннарбакка, көннөрү тыыныҥ тиийбэт, сылайбыт курдук буолуохха сөп. Урут буолан ааспыт инфаркт чэрэ электрокардиограммаҕа көстөөччү. Атеросклероз бляшкалара киһи хааныгар холестерин курдук эттиктэр аһары үрдээһиннэриттэн үөскүүллэрин туһунан бэчээккэ да, аныгы интернет ресурсаларыгар, телевизорынан, араадьыйанан да киэҥник сырдаталлар.
Ыарыы бастакы сибикилэрэ
Ыарыы сүрүн бэлиэтэ – түөс иһигэр хам тутар ыарыы (грудная жаба) буолар. Ол эрээри бэрт аҕыйах дьоҥҥо ыарыы баарын биллэримиэн сөп, ол олус сэрэхтээх уонна кутталлаах. Бу ыарыы тииһигэ (приступ) киирдэҕинэ түөс иһигэр күүстээх ыарыыны таһынан, ыарыһахха өлөр куттал санаата киирэр (чувство страха). Ыарыы түөс иһиттэн көхсүҥ хаҥас аҥарынан хаҥас илиитигэр тиийэ барыан сөп. Маннык тииһиктэр киириэхтэрин иннинэ ыарыһах маҥнай, хамсаннаҕына аҕылыыр буолуон сөп. Ол кэмҥэ түөһүҥ иһигэр аһыйталаан ылаттыан сөп. Сорох түгэннэргэ ыарыы сүрэх үлэлиир тэтимэ кэһиллиитинэн киирээччи, оччоҕуна бу киһи сүрэҕэ хайдах эрэ бүллүргээн ылар буолар.
Бу ыарыыттан хайдах харыстаныахха сөбүй?
Сүрэх тымырдарын ыарыыта улам «эдэримсийэн» иһэр. Урукку өртүгэр ордук элбэхтик эр дьон 45 – рин ааспыт дьон ыалдьар эбит буоллахтарына, билигин отутун да туола да илик ыарыһахха түбэһиэххэ сөп. Кистэл буолбатах, биһиги сахалар, олус тулуурдаахпыт, эмчит хараҕын далыгар муҥутуур ыксаатахпытына эрэ тиийэр майгылаахпыт. Сорох ардыгар бэйэбит доруобуйабытыгар дьалаҕайбыт да диэххэ сөп. Эбэтэр билиҥҥи үйэ тэтимигэр, үлэ-үөрэх, иэс-күүс эккирэтиһиитигэр бытааран, хойутаан хаалабыт. Поликлиникаҕа, балыыһаҕа көрдөрөргө уочараты, кэтэһиини сөбүлээбэппит. Уочараты туоратарга кэнники сылларга киэҥ сирдэргэ электроннай суруйтарыы ньыматын киллэриигэ үлэ барар. Бу көрдөрөөччүгэ табыгастаах. Онтон тыа сирин кыра балыыһаларыгар биэлсэргэ, бырааска тиийэн көрдөрөргө улахан харгыс суоҕа буолуо дии саныыбын. Тэрилтэнэн, сааһынан көрөн ыытыллар диспансеризацияны сыл ахсын көтүппэккэ барыахха наада. Онно хаан аналиһын, кардиограмма, хаан баттааһынын көрдөрүүлэринэн уонна эмчит кэпсэтэн, иһиллээн көрөн, сүрэх үлэтин кэһиллиитин талбыт булар. Салгыы дириҥиэх кэриҥнээх, эбэтэр кутталлаах ыарыы баар буоллаҕына, куоракка Республикатааҕы кардиодиспансерга ыыталлар. Манна чопчу диагноз туруоруллан, ыарыһах эминэн эмтэнэрин дуу, операцияланарын дуу, соҕуруу федеральнай клиникаларга барарын дуу быһаараллар.
Биллэн турар, ханнык баҕарар ыарыыттан, сүрэх да ыарыытыттан харыстаныыга, бастатан туран чөл олоҕу тутуһуу киирэр. Арыгылааһын, табахтааһын онтон да атын куһаҕан дьаллыктар – сүрэх-тымыр бастакы өстөөхтөрө. Аһары сыалааҕы аһааһын эмиэ хааҥҥа бляшканы үөскэтэр эттиктэр элбииллэригэр тиэрдэр. Дьэ уонна күн аайы доруобуйа уонна бириэмэ төһө көҥүллүүрүнэн көрөн хамсаныы, ордук чуолаан хаамыы туһалаах буолар. Ол бастатан туран сүрэҕи-тымыры, сүһүөхтэри эрчийэр, иккиһинэн хааҥҥа киирбит бляшканы үөскэтэр куһаҕан эттиктэри уматан кэбиһэр. Дьэ ити кэнниттэн быраас сүбэтинэн хааны убатар уонна холестерины намтатар эмтэри сөбүн көрөн анатыллыахтаах. Ити үгэс курдук, судургу эрээри, туһалаах сүбэлэр. Маны таһынан хас биирдии киһи бэйэтэ санаатын сааһылана, киэҥ көҕүстэнээх буоларга дьулуһуохтаах, тоҕо диэтэххэ, сүрэх тымырдара атын эттиктэринэн бүөлэммэккэ да, эмискэ хам тутан, кыараан хаалыахтарын сөп. Ити стресс кэмигэр. Онон олох араас кыһалҕаларыгар самнан хаалбакка, бэйэни харыстана, салайына үөрэниэххэ.
Мария Решетникова