#достиженияДФО

#5летразвитияДФО

Республиканская больница №1 – Национальный центр медицины имени М.Е. Николаева на данный момент реализует крупномасштабные Национальные проекты, порученные Президентом Российской Федерации Владимиром Путиным, – «Здравоохранение» и «Демография». О главных результатах работы за пять лет – подробнее в материале.

Снижение показателей смертности населения считается приоритетным направлением в большинстве стран мира, Россия – не исключение. С 2019 года по Указу Президента РФ Владимира Путина «О национальных целях и стратегических задачах развития Российской Федерации на период до 2024 года» начата реализация нацпроекта «Здравоохранение», который включает в себя восемь различных направлений:

  1. совершенствование оказания первичной медицинской помощи;
  2. борьба с сердечно-сосудистыми заболеваниями;
  3. борьба с онкологическими заболеваниями;
  4. развитие медицинской помощи детям;
  5. подготовка специалистов-медиков;
  6. цифровизация здравоохранения;
  7. развитие национальных медицинских центров;
  8. развитие медицинского туризма.

Национальный центр медицины принимает активное участие практически во всех региональных проектах, которые влияют на показатели здравоохранения по всей Якутии.

С 2020 года Консультативная поликлиника Педиатрического центра участвует в создании и тиражировании новой модели медицинской организации, оказывающей первичную медико-санитарную помощь, а с 2022 года к проекту присоединились все амбулаторно-поликлинические подразделения Консультативно-диагностического центра. Ежегодно все базовые уровни по 8 обязательным критериям достигаются в полном объеме.

Кардиососудистый центр является основным исполнителем проекта, в котором определены задачи по увеличению показателя ожидаемой продолжительности жизни населения Якутии до 78 лет к 2024 году и снижению смертности от болезней системы кровообращения в республике с 364 до 279 на 100 тыс. населения к 2024 году. Ведущую роль в достижении установленных показателей сыграло историческое событие не только в жизни Национального центра медицины, но и в истории здравоохранения Якутии, которое состоялось 30 апреля 2022 года — торжественное открытие Кардиососудистого центра. Он объединил под одной крышей оказание экстренной и плановой помощи пациентам с острым коронарным синдромом и острыми нарушениями мозгового кровообращения, что, несомненно, оказало положительное влияние на показатели здоровья жителей региона. Лечение в Кардиососудистом центре доступно каждому жителю Якутии, а возможности охвата высокотехнологичной медицинской помощью включают и жителей других регионов страны. В целом, работа Кардиососудистого центра с момента его открытия положительно повлияла на текущую демографическую ситуацию по республике. Так, смертность населения от болезней системы кровообращения по данным за 2022 год снизилась на 9,7% по сравнению с аналогичным периодом 2021 года, составив 354,6 на 100 тыс. (2021 г. – 391,1 на 100 тыс.), в том числе в трудоспособном возрасте – на 14% (2022 г. – 159,4 на 100 тыс., 2021 г. – 185,5 на 100 тыс.). В будущем работа Кардиососудистого центра позволит спасти тысячи жизней и внесет свой вклад в укрепление здоровья не только жителей Дальнего Востока, но и всей России.

В рамках развития детского здравоохранения в 2021 году был установлен и инсталлирован новый 64-срезовый компьютерный томограф Go.up немецкой фирмы Siemens Medical Solution. Телемедицинский центр с момента создания организовывал оперативную связь между ведущими клиниками и институтами России, в том числе с Национальными медицинскими исследовательскими центрами, и лечащими врачами, что способствовало повышению качества медицинской помощи. Также необходимо отметить, что с 2018 года является ответственным администратором регионального проекта «Развитие экспорта медицинских услуг в Республике Саха (Якутия)». С момента начала реализации в медицинских организациях, участвующих в региональном проекте, пролечено свыше 9 тыс. иностранных граждан.

В стенах Национального центра медицины трудится практически 3 тыс. человек, в том числе 8 докторов и 54 кандидатов медицинских наук, 12 заслуженных врачей Российской Федерации, 36 заслуженных врачей Республики Саха (Якутия). Свыше 56,7% врачей и среднего медицинского персонала имеют квалификационные категории, – отмечает генеральный директор Станислав Николаевич Жирков.Весь коллектив активно работает над реализацией масштабного проекта, который в будущем положительно скажется на развитие здравоохранения не только Якутии, но и всей России.

Национальный проект «Демография», касающийся практически всех граждан России, своей целью ставит увеличение ожидаемой продолжительности здоровой жизни до 67 лет, снижение смертности населения старше трудоспособного возраста и увеличение суммарной рождаемости.

Показатель регионального проекта «Доля случаев экстракорпорального оплодотворения (ЭКО), завершившихся наступлением беременности» определяется работой отделения вспомогательных репродуктивных технологий Перинатального центра. За 5 пять лет проведено свыше 1,7 тыс. процедур ЭКО, эффективность которого составляет выше 30%.

В 2022 году Национальный центр медицины успешно прошел добровольную сертификацию медицинских организаций «Качество и безопасность медицинской деятельности» Национального института качества Росздравнадзора, – говорит заместитель генерального директора по организационно-методической и профилактической работе Инна Ивановна Винокурова. – А в июне этого года был у нас был создан Региональный центр компетенций в области качества и безопасности медицинской деятельности, что дает возможность делиться опытом и знаниями по обеспечению безопасности медицинской деятельности с коллегами из других медицинских организаций республики.

Национальный центр медицины стал пионером в Якутии по внедрению стандартов качества в процессы оказания медицинской деятельности. В больнице планомерно реализуются мероприятия по повышению качества и обеспечению безопасности медицинской деятельности, развитию фундаментальных направлений системы медицины в республике. Одной из основных задач на будущее является дальнейшее развитие биомедицинских технологий и создание национального биобанка. Биотехнологические приемы и методы играют ведущую роль в ранней диагностике и лечении различных заболеваний, обеспечении современного уровня исследований в практической медицине. Использование клеток и тканей в онкологии, гематологии, кардиологии, репродуктивной медицине и других областях медицины позволит повысить эффективность лечения пациентов. В целом деятельность Национального центра медицины дало импульс для создания целого ряда служб и направлений, которых до этого в Якутии не было: отделений гепатодуоденальной хирургии, сосудистой хирургии, пренатальной диагностики, медико-генетических исследований, гипербарической оксигенации, гемодиализа, репродуктивных технологий. В настоящее время ведется многогранная работа по внедрению и развитию высокотехнологичной медицинской помощи для всех жителей Якутии.

Доруобуйа уонна уһун үйэлэнии: Медицина национальнай киинэ Арассыыйа Национальнай бырайыактарын олоххо киллэрэр

#ДФОситиһиилэрэ

#ДФО5сылсайдыыта

М.Е. Николаев аатынан Өрөспүүбүлүкэ 1-гы нүөмэрдээх балыыһата – Медицина Национальнай киинэ – билиҥҥи бириэмэҕэ Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Президенэ Владимир Путин сорудахтаахтаабыт «Доруобуйа харыстабыла» уонна «Демография» бөдөҥ Национальнай бырайыактарын олоххо киллэрэр. Биэс сыллаах үлэ сүрүн түмүктэрин туһунан – матырыйаалга сиһилии.

Нэһилиэнньэ өлүүтүн көрдөрүүтүн намтатыы – аан дойду үгүс дойдуларыгар биир тыын суолталаах соругунан буолар, ол иһигэр – Арассыыйаҕа эмиэ. 2019 сылтан, Владимир Путин «Арассыыйа Бэдэрээссийэтин 2024 cылга диэри национальнай сыалларын уонна сүрүн суолталаах соруктарын туһунан» ыйааҕын чэрчитинэн, «Доруобуйа харыстабыла» бырайыагы олоххо киллэрии саҕаламмыта. Бу бырайыак аҕыс араас хайысхалаах:

  1. бастакы сүһүөх медицинскэй көмөнү оҥорууну тупсарыы;
  2. сүрэх-тымыр ыарыыларын утары охсуһуу;
  3. онкологическай ыарыылары кытта охсуһуу;
  4. оҕоҕо аналлаах медицинскэй көмөнү сайыннарыы;
  5. анал идэлээх эмчиттэри бэлэмнээһин;
  6. доруобуйа харыстабылын сыыппараҕа көһөрүү;
  7. национальнай медицинскэй кииннэри сайыннарыы;
  8. медицинскэй туризмы сайыннарыы.

Медицина Национальнай киинэ – бүтүн Саха сирин үрдүнэн доруобуйа харыстабылын көрдөрүүлэригэр дьайар бары регионнааҕы бырайыактарга көхтөөх кыттыыны ылар.

Ол курдук, Педиатрия киинин консультативнай поликлиниката 2020 сылтан саҕалаан бастакы сүһүөх медицинскэй-санитарнай көмөнү оҥоруу саҥа моделын олоххо киллэриинэн уонна көҕүлээһининэн дьарыктанар. 2022 сылтан бу саҕалааһыҥҥа Консультативнай-диагностическай киин бары амбулаторнай-поликлиническэй салаалара кыттыспыттара. Маныаха, сылын аайы базовай таһымнаах 8 булгуччулаах критерийдэргэ толору сөп түбэһэр үлэ-хамнас тэриллэрин бэлиэтиибит.

Сүрэх-тымыр киинэ – 2024 cылга Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун орто көрдөрүүтүн 78 сааска диэри улаатыннарыы уонна 2024 сылга диэри өрөспүүбүлүкэҕэ дьон сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүүтүн 100 тыһ. киһиэхэ тиксэринэн, 364-тэн 279-ка диэри кыччатыы соруктарын – сүрүн толорооччунан буолар. Ити үрдүк ирдэбиллээх көрдөрүүлэри ситиһиигэ төһүү күүс суолталаах Сүрэх-тымыр киинэ 2022 сыл муус устар 30 күнүгэр үөрүүлээхтик арыллыбыта. Бу – Медицина Национальнай киинигэр эрэ буолбакка, Саха сирин доруобуйатын харыстабылын эйгэтигэр – сүҥкэн историческай түгэн. Ол курдук, сүрэх уонна мэйии тымырдарын соһуччу үөскүүр суостаах ыарыыларыгар суһал уонна былааннаммыт эмтиир көмө биир сиргэ түмүллэн оҥоһуллар кыахтанна.  Маннык дьаһаныы  Сахабыт сирин олохтоохторун доруобуйаларын тупсарыыга үтүө сабыдыаллааҕа саарбахтаммат. Сүрэх-тымыр киининэр Саха сирин хас биирдии олохтооҕо эмтэниэн сөп, оттон үрдүк технологиялаах медицинскэй көмө дойду атын регионнарын олохтоохторугар эмиэ оҥоһуллар. Уопсайынан, Сүрэх-тымыр киинэ арыллыаҕыттан, өрөспүүбүлүкэ демографическай балаһыанньатыгар уларыйыылар тахсыбыттара көстөр. Ол курдук, 2022 c. нэһилиэнньэ сүрэх-тымыр ыарыыларыттан өлүүтүн көрдөрүүтэ, 2021 с. туһааннаах кэмин кытта тэҥнээтэххэ 9.7 % намтаата, ол эбэтэр, 100 тыһ. киһиэхэ тиксэринэн, 354,6 (2021 с. – 391) буолла. Ити иһигэр үлэлиир саастарыгар сылдьар дьон өлүүлэрин көрдөрүүтэ – 14% кыччаата (2022 с. – 159,4, 2021 с. – 185,5). Инникитин Сүрэх-тымыр киинэ тыһыынчанан олоҕу өрүһүйүөҕэ: Уһук Илин олохтоохторун эрэ буолбакка, Бүтүн Арассыыйа олохтоохторун доруобуйаларын бөҕөргөтүүгэ бэйэтин кылаатын киллэриэҕэ.

2021 сылга оҕо доруобуйатын харыстабылын сайыннарыы чэрчитинэн 64 болдьохтоох, немецкэй Siemens Medical Solution фирма Go.up диэн компьютернай томограф киирэн турар.

Телемедицина киинэ, хара тэриллиэҕиттэн ыла, Арассыыйа тутаах клиникаларын уонна институттарын икки кытта быһа сибээһи олохтообута, ол иһигэр национальнай медицинскэй чинчийэр кииннэри уонна эмчиттэри кытта эмтиир көмө хаачыстыбатын үрдэтиигэ үлэлэспитэ. Ону сэргэ, 2018 сылтан «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр медицинскэй өҥөнү оңорууну таска таһаарыыны сайыннарыы» регионнааҕы бырайыак эппиэттээх администратора буоларын тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада. Бырайыагы киллэрии саҕаланыаҕыттан 9 тыһ. тахса атын дойдулар гражданнара манна кэлэн эмтэннилэр.

Медицина национальнай киининигэр 3 тыһ. кэриҥэ киһи үлэлиир, кинилэр ортолоругар 8 мэдиссиинэ билимин дуоктардара уонна 54 – хандьыдааттара, 12 Арассыыйа Бэдэрээссийэтин үтүөлээх быраастара, 36 Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх быраастара бааллар. Үрдүк уонна орто үөрэхтээх эмчиттэр 56,7% идэ таһымын бигэргэтэр категориялаахтар, – диэн генеральнай директор Станислав Николаевич Жирков бэлиэтиир. – Биһиги кэллэктииппит Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн доруобуйа харыстабылын сайдыытыгар улахан суолталаах бырайыагы олоххо киллэриигэ сыралаһан үлэлэһэр.

Дойду бары гражданнарыгар сыһыаннаах «Демография» национальнай бырайыак киһи сэнэх-чэдбик туруктаах олоҕун 67 сааһыгар диэри үрдэтиигэ, үлэлиир саастаах дьон өлүүтүн аҕыйатыыга уонна оҕо төрөөһүнүн улаатыннарыыга туһуланар.

«Доля случаев экстракорпорального оплодотворения (ЭКО), завершившихся наступлением беременности» диэн региональнай бырайыакка Перинатальнай киин «Отделение вспомогательных репродуктивных технологий» диэн салаата үлэлэһэр. 5 сыл иһигэр 1,7 тыһ. тахса ЭКО процедура ыытылынна, ол көдьүүһэ 30 быраһыантан үрдээтэ.

2022 сылга Медицина Национальнай киинэ «Качество и безопасность медицинской деятельности» диэн Росздравнадзор хаачыстыба Национальнай институтун сертификациятын ситиһиилээхтик ааспыта, – диэн генеральнай директор солбуйааччыта Инна Ивановна Винокурова үллэстэр. – Оттон быйыл бэс ыйыгар биһиэхэ Регионнааҕы компетенция киинэ тэриллибитэ. Бу киин,  эмтиир өҥө хаачыстыбалаах уонна куттала суох буолуутун хааччыйыыга үлэ уопутун уонна билиини-көрүүнү өрөспүүбүлүкэ атын медицинскэй тэрилтэлэрин быраастарын кытта үллэстэр сыаллаах үлэлиэҕэ.

Медицина Национальнай киинэ Саха сиригэр бастакынан эмтээһин үрдүк таһымнаах стандартарын олоххо киллэрэн саҕалаабыта. Манна эмтиир үлэ хаачыстыбатын уонна куттала суох буолуутун хааччыйыыга фундаментальнай хайысхаларга  араас өрүттээх дьаһаллар үүнэ-сайда, олоххо киирэ тураллар. Инникитин биир сүрүн соругунан – биомедицина технологияларын салгыы сайыннарыы уонна национальнай биобанканы оҥоруу буолаллар. Биотехология ньымалара араас ыарыылары эмтээһиҥҥэ уонна чинчийиигэ дьоһун суолталаахтар. Онкология, гематология, кардиология, репродуктивнай медицина уонна медицина атын хайысхаларыгар клеткалары туһаныы уопсай таһым үрдүүрүгэр кыаҕы биэрэр. Уопсайынан, Медицина Национальнай киинигэр урут Саха сиригэр урут суох хайысхалар олоххо киирбиттэрэ.  Ол курдук тымыр хирургията, быар-оһоҕос операцияларын оҥоруу, төрдү-төрүтү ген таһымыгар чинчийии, хааны кислородунан байытыы, хааны ыраастааһын, оҕону үөскэтии технологиятын курдук салаалар баар буолбуттара. Билигиҥҥи кэмҥэ Саха сирин олохтоохторугар үрдүк технологиялаах медицинскэй көмөнөн оҥорууга сыһыаннаах саҥа уустук ньымалары баһылааһыҥҥа уонна туһаныыга араас өрүттээх үлэ-хамнас тиһигин быспакка ыытыллар.