Отзыв пациента о лечении в урологическом отделении Клинического центра
Ежегодно в стенах Республиканской больницы № 1 – Национального центра медицины имени М.Е. Николаева проходят лечение лечение в стационаре более 28 тысяч больных, около 30 тысяч пациентов посещают поликлинические подразделения, проводится свыше 2 миллионов исследований, более 12 тысяч операций, принимаются около 3 тысяч родов. У каждого пациента своя история, и сегодня мы открываем новую рубрику, в которой будем публиковать истории наших пациентов и их отзывы. Сегодня героем новой рубрики станет пациент урологического отделения Клинического центра Роман Романович Богатыров, который написал статью-отзыв на якутском языке.
Сааһыра барбыт киһи тугу көрбүтэ, билбитэ уонна баҕа санаалара
Орто дойду олоҕуттан элбэх киһини илдьэ барбыт ковид ыарыыттан өрүттэн биэрбэккэ, кэлин үс сылга элбэх эмп тэрилтэтин кэрийдим. Аҥаардас бу сыл аҥаарыгар үс төгүл эпэрээссийэ остуолугар ытынным, үс төгүл норкуос көмөтүнэн утуйан ыллым. Ыарыы диэн тугун эппинэн-хааммынан билбит уонна эмтэнэр туһугар элбэх эмчиттэри кытта алтыспыт киһи быһыытынан, кимиэхэ эмэ туһалаах буолуо диэн налыччы суруйуом.
Нэһилиэгим, улууһум быраастара барахсаттар, сэрэхэдийэн, ыарахан диагноһы туруораннар, ону чуолкайдата киин сиргэ ыыталлара сөптөөх дьаһал эбит диэн түмүккэ кэллим. Антах төһө да тардыллыылаах буоллар, ыарыым ис сүнньүн билэн, өсөһөн туран эмтэнним. Онон куоракка киирэрбэр суол аспыт быраастарбар Бубякин Ньургун Евгеньевичкэ, Посельская Татьяна Петровнаҕа махталым улахан. Ааспыт доруобуйа сылыгар тобук, сүһүөх ыарыыларын уҕарытар дьаһаллар чэрчилэринэн, тобук сүһүөҕүн тимиринэн солбуйар эпэрээссийэҕэ эбии үп (квота) көрүллэн, онно хапсан, Чөркөөхтөн үс буолан оҥорторон таҕыстыбыт. Икки киһим сүүрэ сылдьаллар, мин наһаа уһуннук ыалдьыбытым таайан, билигин даҕаны тайахтанабын. Бу балыыһа туһунан суруйуу да, кэпсээн да элбэх. Онон уһуннук тэниппэккэ, кырдьаҕас республиканскай балыыһа саҥа киэҥ дьиэлэнэрэ кэм ирдэбилэ буолбут. Бу этиим үрдүкү салалта хараҕын далыгар киирдэр, эргиччи тоҥ, тымныы дойдулаах Саха сирин бары норуоттарыгар туһата улахан буолуо эбит. Киһи барахсан, омугуттан тутулуга суох, этин-сиинин 70 % уу дииллэр учуонайдар. Сахалыы санаатахха, бу ууну тоҥорбот, дьүдьэппэт, онон доруобуйаҕа оҕустарбат гына дьаһаныы улахан бэлиитикэ биир тутаах кыһалҕата буолуон сөп.
Иккис ыарыым, сахалыыта, иигиҥ кэлэрдээх, кэлбэттээх буолуута, хаайтарар ыарыы диэн буолар эбит. Онтукаҥ иигиҥ кэлэр көҥдөйүн туох эрэ хам тутарыттан тутулуктааҕын ыалдьыбыт киһи барыта өйдүүр. Дьэ ол гынан, туох хам тутарын бу диэн билэр киһи аҕыйах. Мин, кыһалҕалаах киһи, онкология диспансерын бары кабинеттарын кэрийдим, элбэх чинчийиилэри бардым. Онтон биллибитинэн, искэн хабахпын хам тутан, ыт курдук ииктэтэр, эбэтэр олох да бычыгыраппакка, хабахпын хайытаары гынар эбит. Анализтар түмүктэринэн, искэниҥ үтүө эркиннээх (доброкачественнай), онон Мэдэссиинэ киинигэр киирэн быстаран кэбис диэн онно ыыттылар.
Ыарыы төрдө тугуй?
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидиэнэ М.Е. Николаев аатынан Мэдэссиинэ киинэ килэйэн-халайан дьиэ да дьиэ. Элбэх да саха, нуучча кыргыттара биир кэлим тыыҥҥа киирэн үлэлии сылдьалларыттан киһи үөрэр, киэн туттар. Бу дьиэ тутулларын саҕана утарсааччы да, өйөөччү да элбэҕэ. Үөрүөм иһин, бу киин тутулларын утаран ханнык да мунньахха тыл эппэтэх, хаһыаттарга суруйбатах эбиппин. Хомойуох иһин, оннукка да тиийэллэрэ. Клиническэй киин урология отделениетын сэбиэдиссэйэ, мэдэссиинэ билимин хандьыдаата, ХИФУ Мединститутун кафедратын дассыана, өрөспүүбүлүкэ Доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтин ыстааты таһынан сүрүннүүр уролог-бырааһа, саха саарына Александр Васильевич Максимовы кытта атах тэпсэн олорон сахалыы-махалыы (туох өйдөбүллээх тыл эбитэ буолла) кэпсэттим. Бастатан, ыарыым туһунан бэйэм санааларбын этэн туран, быһааран биэрэригэр көрдөстүм. Мин санаабар, наһаа тымныы сиргэ олоробут, тыа сиригэр сылаас туалеттаах дьиэлэр суохтар, ол иһин үксүн саха дьонноро тымныйан ыалдьаллара буолуо диэн хабааннаах этиибин киһим ылыммата. Ыарыыбыт, аатыттан саҕалаан, бутуурдаах буолан таҕыста. Ким эрэ «аденома», ким эрэ «простатит», арыый эмкэ сыһыаннаахтар «воспаление предстательной железы» диэнинэн билэллэр эбит. Бу былчархай иммунитет сайдарыгар, ол аата организм ыарыыга утарсар дьоҕурун күүһүрдэн, биир тэҥник тута сылдьарыгар, саҥаттан саҥа килиэккэлэр үөскүүллэригэр олус улахан суолталаах эбит. Сытар сирэ хабах иһигэр, таһыгар иик тахсар сирин бүрүйэр эбит. Ыарыы сүрүн төрдө ‒ туох да мөккүөрэ суох ‒ сааһырыыттан (возрастной) тутулуктаах диэн буолла. Манна тымныйыы эпсиэн сөп гынан баран, өлүүтэ кыра. Оҕо төрөөтүн кытта, бары уорганнар курдук, бу былчархай тэҥҥэ улаатан иһэр. 50-60 саастартан ыарыы баарын биллэрэн барар эбит. Бу кэмҥэ балыыһаҕа УЗИ аппаракка түспүт, ыарыыларын быһаартарбыт дьоннор аҥаардас эмп күүһүнэн үтүөрэллэр. Саха эр дьоно, кыбыстыбыта аатыран, идэлээх эмчиттэргэ (медиктэргэ) көрдөрбөккө, УЗИ-га түспэккэ, кэмин аһардан кэбиһэллэр. Ыарыылара сэтэрийэн хам туттаҕына биирдэ көрдөрүнэллэр. Ол үксүгэр ракка, бүөр араас ыарыыларыгар кубулуйбут буолуон сөп диир Александр Васильевич. Оччоҕо ыарыһаҕы быыһыыр туһугар эпэрээссийэлииргэ тиийэллэр. Сылга ортотунан 500-600 ыарыһах киирэн тахсар, ол иһигэр 500 кэриҥэ эпэрээссийэ оҥоһуллар үһү. Эпэрээссийэни Жатай балыыһатыгар уонна бу отделениеҕа оҥороллор эбит.
Саҥа ньыма туһунан
Саҥа ньымаҕа көспүт Медкииҥҥэ миэстэ былдьаһык буолбут. Эргэ диир ньымаларынан искин, хабаххын хайытан тиэрэ тардан туран ыраастыыллара уонна тигэн кэбиһэллэрэ үһү. Итиннэ хирург илиитин айылҕата быһаарар оруола улахан эбит. Оннук да буолуо, былыр сопхуос саҕана сүүһүнэн борооскуну аттыырга чэпчэки, ыарахан илиилээх бэтэринээрдэр диэннэр бааллара. Чэпчэки илиилээх бэтэринээр, хайдах да туруктаах сылдьан аттаабыт борооскута туран сүүрэн хаалара, бааһа нөҥүө күнүгэр килэриччи оһоро. Саҥа ньымаларын научнай аата «трансуретральная резекция аденомы простаты» диэн эбит. Ол аата, ииктиир сиргинэн шланганы хабаххар диэри киллэрэллэр, шланга иһинэн төбөтүгэр быһахтаах тимири киллэрэн, улааппыт былчархайгын ылгыыллар. Онон бүтэр. Ханнык да аһаҕас баас, хаан-сиин суох. Ити барыта улахан норкуос кэнниттэн оҥоһуллар буолан, ыарыһах тугу да билбэккэ хаалар эбит. Эпэрээссийэ түмүгүн ‒ ииккэр төһө хаан суураллыбытынан быһаараллар. Иигиҥ дьүһүнэ ырааһырда да, сөп буолла диэн, таһааран иһэллэр. Миигин Жатайга төрөөбүт Алтынбек Кудайбердиев диэн кыргыс омук уола оҥордо. Сэбиэдиссэйэ улаханнык хайгыыр, эрэнэр уола эбит. Мин да эрэллээхтик сытан биэрдим. Эпэрээссийэҕэ тиийиэххэ диэри элбэх анаалыһы, көрдөрүүнү бараҕын. Ону сүрүннүүр дьоннор ― уролог быраастар. Мин, кыра кыыспар Киров уулуссаҕа олорон, хаста да скорайынан тиэллэн, куорат 1 №-дээх поликлиникатыгар уролог быраас В.И. Литвинова илиитигэр киирэн, Медкиини буллаҕым уонна кини сиэстэрэлэригэр таһыттан сылдьан бааспын эмтэтэн үтүөрдэҕим. Кинилэргэ махтал бастыҥын аныыбын. Мэлдьи туйгун туругу, уйгулаах олоҕу, эйэлээх халлааны баҕарабын.
Медкиин уролог бырааһа А.А. Дубова дьаһалынан хабахпар быһаччы киирэн иккис катетеры олордоннор, алдьаммыт тэрилбит оҥоһуллуор диэри ый аҥаарын курдук мөһөөччүккэ ииктии сырыттым. Тэрилбит оҥоһулларын кытары, уталыппакка ыҥыран ылан, эпэрээссийэбин оҥорбуттарын үөһээ суруйан турабын.
Алгыс баһа сыаланнын
Медкииҥҥэ түүннэри-күннэри үлэ тигинии турар уораҕайа эбит. Туох-баар сүгэр-көтөҕөр, илдьэр-аҕалар үлэлэр тэлиэскэ, коляска көмөтүнэн оҥоһуллар буоланнар, мин, тыа киһитэ, урукку сопхуос саҕана уонунан трактор тыаһаан-ууһаан уулуссаны киэптээн, от-мас тиэйэ баралларыгар тэҥнээн, сүргэм көтөҕүлүннэ. Эдэркээн бэйэлээх кыргыттар ыарыһахтары тиэйэ-тиэйэ, хас эмэ этээһи курдат сылдьалларыттан салынным, аһына санаатым. Бэйэм аҥаарым саҕа Нарыйа диэн кыысчаан Улахан Киинтэн Оҕо Киинигэр диэри үөһэнэн, алларанан соһо сырытта.
Сэбиэдиссэйим эппитин курдук, ыарыһах үксэ саастаах дьоннор уонна нууччата-сахата тэҥинэн. Дьиҥнээх интернациональнай ыарыһахтар сытар отделениелара эбит. 90-чалаахтартан СВО-ҕа кыттан, тымныйан, бүөрүн тымырдара кыараабыт эдэркээн киһиэхэ тиийэ сытан эмтэннибит. Күн ахсын 2-3 киһи эпэрээссийэлэнэр, биир оччо үтүөрэн тахсар. Сэбиэскэйим тардан «Книга жалоб и предложений» ылан көрдүм. Суруйуу аҕыйах буолар эбит. Олортон биир 87 саастаах ытык кырдьаҕас этиитин уонна алгыһын киллэрэн биэрэбин:
«Кырдьаҕас дьоннор доруобуйаларын тупсаралларыгар олус туһалаах балыыһаҕа сытан таҕыстым. Оҕолорум, сиэннэрим курдук эдэркээн үлэһиттэр хас биирдии ыарыһахха сылаас, истиҥ сыһыаннарын көрөн үөрдүм, астынным. Уһулуччу үчүгэй усулуобуйаҕа, үйэҕэ умнуллубат гына олорон, сытан аастыбыт. Отделение техническэй үлэһиттэриттэн саҕалаан, бары сиэстэлэргэ, быраастарга махталбытын тириэрдэбит. Отделение сэбиэдиссэйэ А.В. Максимов эдэр кэллэктииби биир өйгө-санааҕа түмэн, дьоһуннук үлэлэтэ олороруттан астынныбыт. Инникитин даҕаны бар дьоҥҥут туһугар тиритэ-хорута үлэлээҥ, мэлдьи чэгиэн-чэбдик буолуҥ!».
Кырдьаҕас алгыһыгар кыттыһабын,
Арамаан Бухатыырап,
Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо,
СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ,
СӨ «Гражданскай килбиэн» бэлиэлээх үлэ бэтэрээнэ